Сегодня 20 октября 2022 года совместно с «Детская точка кипения» — Центра чтения «Национальной библиотеки РС(Я) организовали для воспитанников группы » Солнышко» тематический час по творчеству П. Н. Тобурокова на тему: «О5о — аймах таптааллаах суруйааччыта».
Тематический час провела главный библиотекарь Национальной библиотеки РС (Я) — Аксиния Дмитриевна Яковлева.
Петр Тобуруокап — сахалыы оҕо литературатын классига, норуот сөбүлээн ыллыыр ырыаларын автора, сатира уонна юмор маастара, таланнаах кэпсээнньит уонна драматург.
Кини бастакынан туран, лиирик-поэт быһыытынан бар дьонугар биллэр.
Саха народнай поэта, оҕо тапталлаах суруйааччыта П.Н. Тобуруокап айбыт хоһоонноругар уостан түспэт ырыалар айыллыбыттара.
Кини хоһоонноро араас хайысхаларга, ол курдук, төрөөбүт сиргэ таптал, тапталга, айылҕаҕа саһыаннаах буоланнар, ханнык баҕарар ааҕааччылары киэҥ эйгэҕэ кынаттыыр, сирдиир.
Петр Тобуруокап 264 хоһоонугар ырыа музыката суруллубутун бэлиэтээн тураллар. 1996 сыллаахха «Мутукча сыта» диэн ааттанан туспа хомуурунньук тахсыбыта. Манна 168 ырыа, 59 саха композиторын, мелодиһын айымньылара киирбит.
Ол эбэр биһиги республикабытыгар вокальнай искусство сайдыытыгар П. Тобуруокап поэзията ураты суолталаах историческай көстүү быһыытынан сыаналанар.
Фото Учреждения